Кэлэр өттүгэр олохпут хайдах буолуой?
Аан дойду...
-
тупсуо?
-
мөлтүө?
-
уларыйыа суоҕа?
БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ
«Таҥара... харахтарын уутун хас биирдии таммаҕын сотуоҕа, өлүү-сүтүү диэн аны суох буоуоҕа; энэлгэн, ытабыл-соҥобул, ыарыы эмиэ сүтүөҕэ. Урукку барыта ааста» (Арыллыы 21:3, 4, Саҥа Кэс Тыл).
ЭҺИЭХЭ ОЛ ТУОХ СУОЛТАЛААҔА БУОЛУОЙ
Таһаарыылаах уонна үөрүүнү аҕалар үлэ (Исаия 65:21—23).
Ыарыылар, эрэйи-муҥу көрүү аны суох буолуо (Исаия 25:8; 33:24).
Аймахтары уонна доҕоттору кытта үйэлэр тухары дьоллоох олох (Псалом 36:11, 29).
БИБЛИЯ ЭТЭРИН ИТЭҔЭЙИЭХХЭ СӨП ДУО?
Сөп. Ону итэҕэйэргэ кырата икки биричиинэ баар:
-
Таҥара эрэннэрбитин толорор кыахтаах. Библия Иегова эрэ Таҥараны «Барытын Тутан Олорооччу» диэн ааттыыр (Арыллыы 15:3). Тоҕо диэтэххэ кини муҥура суох күүстээх. Ол аата кини аан дойдуну үчүгэй өттүгэр уларытыам диэн эрэннэрбитин толорор кыахтаах. Библия этэринэн «Таҥараҕа туох барыта кыаллар» (Матфей 19:26).
-
Таҥара эрэннэрбитин толорор баҕалаах. Холобур, Иегова өлбүттэри тилиннэриэн олус баҕарар. Библия этэринэн, кини өлбүттэри ахтар (Иов 14:14, 15).
Ону таһынан, Библияҕа сурулларынан, Таҥара Уола Иисус Христос дьоннору үтүөрдэр этэ. Кини баҕарбата буоллар, ол дьоҥҥо көмөлөһүө этэ дуо? (Марк 1:40, 41). Иисус Аҕатын курдук кыамматтарга көмөлөһөр баҕалааҕа (Иоанн 14:9).
Иегова уонна Иисус биһиэхэ кэлэр өттүгэр дьоллоох олоҕу бэлэхтиир баҕалаахтарын саарбаҕалаамыахпытын сөп! (Псалом 71:12—14; 144:16; 2 Петр 3:9).
ТОЛКУЙДААН КӨРҮҤ
Таҥара олох усулуобуйатын хайдах тупсарыай?
Библия бу ыйытыыга МАТФЕЙ 6:9, 10 уонна ДАНИИЛ 2:44 көмөтүнэн хоруйдуур.