3 УРУОК
Биибилийэ кырдьык Таҥара кинигэтэ дуо?
1. Биибилийэ ааптара кимий?
Дьоннор сиргэ үйэлэр тухары олоруохтара диэн үчүгэй сонун Биибилийэҕэ суруллар (Саалтыыр 36:29). Биибилийэ 66 кыра кинигэттэн турар. Бу кинигэни Таҥараҕа бэриниилээх 40 эр дьоннор суруйбуттара. Бастакы биэс кинигэни быһа холоон 3 500 сыл анараа өттүгэр Моисей бороруок суруйбута. Бүтэһик кинигэни Иоанн апостол 1 900-тэн тахса сыл анараа өттүгэр суруйбута. Бу кинигэҕэ ким санаалара суруллубуттарай? Таҥара бэйэтин санаатын Биибилийэни суруйбут дьоҥҥо сибэтиэй тыын көмөтүнэн тириэрдибитэ. Кинилэр бэйэлэрэ тугу баҕарбыттарынан буолбакка, Таҥара этиитинэн суруйбуттара. Онон Биибилийэ ааптара Иегова буолар. (2 Тимофейга 3:16; 2 Петр 1:20, 21 ааҕыҥ.)
Видеоролигы көрүҥ «Библия ааптара кимий?»
2. Биһиги Биибилийэ Таҥара кинигэтэ буоларын хантан билэбитий?
Биибилийэ Таҥара кинигэтэ буолар, тоҕо диэтэххэ онно инники олохпут туһунан ымпыгар-чымпыгар тиийэ өтө көрөн суруллубут. Оннук биир да киһиэхэ кыаллыбат (Иисус Навин 23:14). Киһи-аймах инникитин модун күүстээх Таҥара эрэ өтө көрөр кыахтаах. (Арыллыы 1:1 ааҕыҥ.)
Биллэн турар, Таҥара кинигэтэ ураты буолуохтаах. Бүгүҥҥү күҥҥэ сүүһүнэн тылынан хас да миллиард Биибилийэ бэчээттэнэн тахсыбыт. Бу кинигэ төһө да былыргы буоллар, науканы кытта толорутук сөпсөһөр. Дьиктитэ диэн, бу кинигэни суруйбут 40 киһи бэйэ-бэйэлэрин утарсыбакка барытын биир санаанан суруйбуттара. Биибилийэни ааҕан биһиги Таҥара тапталын көрөбүт. Бу кинигэ киһи олоҕун үчүгэй өттүгэр уларытар күүстээх. Ити барыта мөлүйүөнүнэн дьоҥҥо Биибилийэ Таҥара Тыла буоларын дакаастыыр. (1 Фессалоникиецтарга 2:13 ааҕыҥ.)
Видеоролигы көрүҥ «Биибилийэ Таҥара кинигэтэ буоларын хантан билэбитий?»
3. Биибилийэҕэ туох туһунан кэпсэнэрий?
Биибилийэҕэ сүрүннээн Таҥара дьону таптыыр буолан, кинилэргэ анаан олус кэрэ олоҕу бэлэмнээбитин туһунан үчүгэй сонун суруллар. Биибилийэҕэ киһи-аймах сирдээҕи ырайга олорор кыаҕын хайдах сүтэрбитин уонна инники өттүгэр ырай хайдах чөлүгэр түһүөхтээҕин туһунан кэпсэнэр. (Арыллыы 21:4, 5 ааҕыҥ.
Ону таһынан Биибилийэҕэ сокуоннар, үөрэхтэр уонна сүбэлэр бааллар. Итиэннэ бу кинигэҕэ Таҥара хаачыстыбаларын көрдөрөр элбэх холобурдар бааллар. Бу барыта Айбыт Айааччыбытын үчүгэйдик билэргэ көмөлөһөр. Биибилийэҕэ өссө Таҥара доҕоро хайдах буолуохха сөбүн туһунан быһаарыллар. (Саалтыыр 18:8, 12; Иаков 2:23; 4:8 ааҕыҥ.)
4. Биибилийэни хайдах өйдүөххэ сөбүй?
Биибилийэни өйдүүргэ бу брошюра көмөлөһүөҕэ. Манна Иисус Христос дьону үөрэтэригэр туһаммыт ньымата туттуллар. Кини Таҥара Тылыттан араас хоһооннору ааҕан баран быһаарар этэ. (Лука 24:27, 45 ааҕыҥ.)
Таҥара биэрбит үчүгэй сонунуттан ордук туох баар буолуон сөбүй? Хомойуох иһин, сорох дьоннор онно олох наадыйбаттар эбэтэр утарсаллар. Онтон эһиги санааҕытын түһэримэҥ. Таҥара туһунан билииттэн эһиги бараммат олоххут тутулуктаах. (Иоанн 17:3 ааҕыҥ.)