Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

3 БАҺА

Ыарахаттары хайдах туоруохха сөбүй

Ыарахаттары хайдах туоруохха сөбүй

«Туохтааҕар да бэйэ-бэйэҕитин ис сүрэххититтэн таптааҥ. Таптал үгүс аньыыны-хараны бырастыы гыннарар» (1 Петр 4:8).

Кэргэнниилэр холбоспуттарын кэннэ олохторугар саҥа ыарахаттары көрсөллөр. Оннук ыарахаттар эһиги тус-туспа санаалаах уонна олоҕу атын-атыннык көрөргүтүттэн буолаллар. Эбэтэр туораттан эмиэ ыарахаттар үөскүөхтэрин сөп.

Кыһалҕалары быһаарар чэпчэкитэ суох, ол иһин биһиги ону сөбүлээмиэхпитин сөп. Ол да буоллар Библия биһигини ону быһаарарга ыҥырар (Матфей 5:23, 24). Ыарахаттары быһаарарга Библия сүбэлэрэ саамай үчүгэйдик көмөлөһүөхтэрин сөп.

1 ПРОБЛЕМАНЫ ЫРЫТЫҤ

БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. «Саҥарарга кэмнээх-кэрдиистээх» буолар (Экклезиаст 3:1, 7). Проблеманы быһаарарга бириэмэни анаа. Кэргэҥҥин кытта тугу ырытаары гынаргын, уонна ол туһунан туох дии саныыргын аһаҕастык үллэстэр буол. Бэйэҥ кэргэҥҥэр мэлдьи «кырдьыгы этэр буол» (Ефесяннарга 4:25). Туохтан эмэ кыыһырдаххына, бэйэҕин туттуна сатаа. Улахан этиһии тахсыбатын туһугар сымнаҕастык кэпсэтэр буол (Притчи 15:4; 26:20).

Оннооҕор тугу эмэ кытта сөбүлэспэт буоллаххына, ону кэргэҥҥэр тапталы уонна убаастабылы көрдөрөн үтүө санаалаахтык этэр буол (Колоссяннарга 4:6). Өйдөспөт буолууну төһө кыалларынан түргэнник быһаара сатаа уонна өһүргэнэн саҥата суох сылдьыма (Ефесяннарга 4:26).

ТУҺАЛААХ СҮБЭЛЭР

  • Проблеманы ырытарга сөптөөх бириэмэни тал

  • Кэргэниҥ саҥарар кэмигэр саба саҥарартан бэйэҕин туттун. Эн саҥарар бириэмэҥ эмиэ кэлиэҕэ

2 БОЛҔОМТОЛООХТУК ИҺИТ

БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. «Бырааттыы дьон быһыытынан бэйэ-бэйэҕитин истиҥник таптааҥ, атыттары бэйэҕитинээҕэр үрдүктүк тутуҥ» (Римляннарга 12:10). Эһиги хайдах истэргит олус улахан суолталаах. Көрсүөтүк, аһыныгастык быһыылан уонна кэргэниҥ санаатын өйдүү сатаа (Иаков 1:19; 1 Петр 3:8). Истибэккэ сылдьан истибит курдук туттар сыыһа. Кэргэниҥ тугу этэрин барытын хаалларан туран болҕойон истэ сатаа, эбэтэр ол боппуруоһу хойутуу ырытыахха диэн сымнаҕастык этиитэ киллэр. Эһиги бэйэ-бэйэҕитигэр утарсааччы буолбакка биир сыаллааххытын-соруктааххытын өйдүүр буоллаххытына, маннык сүбэлэри тутуһаргытыгар чэпчэки буолуо: «Түргэнник өһүргэнэ охсума» (Экклезиаст 7:9).

ТУҺАЛААХ СҮБЭЛЭР

  • Кэргэниҥ тугу этэрин сөбүлээбэтэххинэ даҕаны кини тылларын ылынар буол

  • Кини тугу этиэн баҕарарын өйдүү сатаа уонна хайдах тутта сылдьарын көрөн кини санаатын болҕомтоҕор ыла сатаа

3 ЫЛЫММЫТ БЫҺААРЫНЫЫГЫТЫН ТУТУҺУҤ

БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. «Хайа баҕар үлэттэн туһа тахсар, оттон тылгынан эрэ саҥарар буоллаххына дьадайыаҥ» (Притчи 14:23). Кыһалҕаны быһаарыы аҥардас кэпсэтииттэн эрэ турбат. Ол үрдүнэн тугу быһаарыммыккытын тутуһуохтааххыт. Ону ситиһэр чэпчэкитэ суох буолуон сөп, ол эрээри туһаны аҕалыаҕа (Притчи 10:4). Өскөтүн эһиги барытын бииргэ оҥорор буоллаххытына, эһигини «ситиһии күүтэр» (Экклезиаст 4:9).

ТУҺАЛААХ СҮБЭЛЭР

  • Проблема быһаарыытыгар хас биирдиигит тугу гыныахтааҕын эрдэттэн кэпсэтиҥ

  • Кэмиттэн-кэмигэр тугу ситиспиккитин ыйааһыннаан көрүҥ